2 кылаас. Технология уруога

Тиэмэ: Кумаа5ынан үлэ. Оригами. Ба5а санаам дьиэтэ. 

Сыала:

  Графическай ойууну сатаан өйдөөн көрөргө, чертёһу аа5арга, үлэни былаанныырга сатабылы сайыннарыы.

  Кумаа5ы тутулун туһунан өйдөбүлү кэңэтии, өйгө оңорон көрүүнү сайыннарарга үлэлээһин.

  Кэрэни кэрэхсииргэ үөрэтии.

   Дьон үлэтин сыаналыырга, айыл5аны таптыырга, харыстыырга  иитии

Туттуллар тэрил: квадратнай быЬыылаах кумаа5ылар, уруучука, өңнөөх харандаастар, фломастердар, 3 стакан, лиистэр, чертежтар, маркер, магниттар, оригами /карточка/, дьиэ макета, тыа макета, мастар макеттара, суу, хаЬыат, сурук, уруЬуйдуур, туалет кумаа5ыларын образеһа, магнитофон, магнитофоннай запистаах 2 кассета /тыа5а сайыңңы сарсыарда, классическай музыка/, проектор, компьютер.

Х.Б. Презентация уруок хас хаамыытын ахсын (барыта 44 слайд)

 

Былаан

1.        ТэрээЬин чааЬа.

(Слайд № 1)

Бүгүн эһиэхэ үлэ уруогун ыытыам, уруокпут таһаарыылаах буоларын туһугар бииргэ үлэлиэххэйин. (Слайд № 2)

             /Музыка сайыңңы сарсыарда/

Учуутал: Бары билэрбит курдук Сахабыт сирэ айыл5ата олус кыраһыабай. Билигин ойуурбутун харыстаан бу тыабыт са5атыгар дэриэбинэ биир уулуссатын тутуохпут. Бөһүөлэкпит  тутуллан бүттэ5инэ, сарсыарда аайы саңа күнү чыычаах ырыатынан уруйдуу көрсүөхпүт.

          Дэриэбинэ сүрүннээн туохтан турарый? (дьиэлэртэн)

          Бүгүңңү темабыт. (Слайд № 3)

          Сыалбыт (Слайд № 4)

2.                   Бу   мин ба5а санаам дьиэтэ / оригаминан оңоһуллубут дьиэни көрдөрүү,/ (Слайд № 5)

   Хайа кыраһыабай дуо?

   Туохтан оңоһуллубутуй?

б/ Кумаа5ыны ханнык дойдуга  айбыттарай? (кытайга ) (Слайд № 6)

Кумаа5ыны туохтан оңороллоруй? (мастан) (Слайд № 7)Сүрүннээн харыйаттан уонна бэстэн (Слайд № 8)

в/ Ханнык кумаа5ы көрүңнэрэ баалларый? Ааттаталааң / суу, хаЬыат, сурук, уруЬуйдуур, туалет кумаа5ылара/ (образец) (Слайд № 9,10)

г/ Кумаа5ы арааһа ханныктарый? (халың, чараас, бархатнай, көңдөй көстөр. Хачыгырас. Сымна5ас, кытаанах, өңнөөх) (Слайд № 11,12)

 

д/ Кумаа5ы хаачыстыбата ханныктарын билэ5ит дуо?

/Үөрэнээччилэр эппиэттэрэ: кумаа5ы кэбирэх, хайдах ба5ара тутуллар, сытыйда5ына түргэнник алдьанар, кумаланар, умайар/(Слайд № 13,14)

3.           Опыт: Бүгүн кумаа5ы биир дьикти хаачыстыбатын кытта билсиэхпит.

О5олоор, көрүң эрэ бу миэхэ 3 стакан баар. /3 ыстакааны субуруччу уран баран, ортоку ыстакааны ылан кэбиһэбин/  (Слайд № 15)

          2 ыстакаан уонна  лиис кумаа5ы көмөтүнэн бу 1 ыстакааны үөһэ ууруом этэ дуо?

          Уйуо дуо?

          Ким хайдах ууруой этэй? / 2 ыстакааны сыһыаран баран, хас да лииһи ууран көрүү  .  Араастаан уурдулар да сатаммата./

          Оттон бу маннык бүк тутан баран уурдахпына хайыыр эбитий?  (бүк тутан көрдөрүү. )

Түмүк үөрэнээччилэр оңороллор: кумаа5ыны бүк туттахха ыараханы уйар. (Слайд № 16)

   Көрүң эрэ кумаа5ыны араастык бүк тутан араас оңоһугу оңоруохха сөп эбит (Слайд № 17,18)

Учуутал: Ол иһин билигин учёнайдар кумаа5ы  араас хаачыстыбатын  туһанан дьиэлэри, массыыналары, араас тутуулары тутарга холонон эрэллэр.  

Бу көрбүт оңоһуктаргыт бука бары оригами сатабылынан оңоһуллубуттар.

4.             Физминутка Сынньалаң (Слайд № 19)

5.         Сүрүн чааһа.

а/ Оригами. (Слайд № 20)

                Кумаа5ыны хайдах гынан дьиэни оңорбуппунуй?

                Кумаа5ыны бук тутан оңоруу аата туох диэн буолуой? /оригами/

                Оригамины Японнар айбыттар(Слайд № 21). Оригами диэн тыл  икки тылтан турар. Ори бүк тутуллубут ками кумаа5ы (көрдөрүү) (Слайд № 22)

                Оригамины оңорорбутугар туһанабыт - схеманы, чертёһу (Слайд № 23,24)

б/ чертеһу аа5арбытыгар туттуллар бэлиэлэр манныктар. Бу бэлиэлэри хас биирдии оргами оңорооччу билиэхтээх. /көрдөрүү/(Слайд № 25-31)

 

Бүгүн оригамынан дьиэни оңорууга туттуллар бэлиэлэрбит манан бүтэллэр.

в/ Үлэлиэхпит иннинэ сэрэхтээх (ТБ) буолуу быраабылаларын хатылыа5ың (Слайд № 32)

                уһуктаах предметтэртэн сэрэхтээх буолууну умнумаң

                Остуол үрдүттэн туттубат малы ылыы

                Бүттэххэ үлэлээбит миэстэни хомунуу

г/ Үлэлиир быраабылаларбытын санатыһыа5ың. (Слайд № 33)

          Бэйэ-бэйэбитигэр  мэһэйдээбэппит.

          Ыарыр5атар о5о5о көмөлөһөбүт.

          Чертёһу көрө олорон тэңңэ оңоробут.

          Паарта үрдүгэр ууран олорон оңоһуллар.

          Кытыытын туох эмэ кытаана5ынан сотуллар.

6.  Чертеһу аа5ыы  /хас биирдии о5о5о чертёһу түңэтии/

          Аны чертёжпутун көрүө5үн уонна аа5ыа5ын. /О5олору кытта тэңңэ аа5абыт. Сонно оңорон көрдөрөбүн/ (Слайд № 35-42)

7.           Самостоятельнай үлэ /магнитофоңңа классическай музыка тыаһыыр/Оригами дьиэ тутуу

а/  Бүппүт о5олор бэйэлэрин ба5аларынан дьиэлэрин киэргэтэллэр.

б/  Үлэлээбит миэстэлэрин хомунуу.

Дьиэлэрин то5о маннык киэргэппиттэрин кэпсээһин уонна тыа макетыгар илдьэн туруоруу. /Тыа5а сайыңңы сарсыарда айыл5а уһуктуута магнитифон/ (Слайд № 43)

8.        Түмүк. (Слайд № 44)

Эһиги санаа5ытыгар бөһүөлэкпит уулуссата табылынна дуо?

Бу уруокка тугу гынныбыт.

Туохха үөрэннибит.

Назад

Уруогу сөбүлээтигит дуо?

 

Хостинг от uCoz