4 класс. Урок математики
Тема: Суругунан элбэх бэлиэлээх чыыһыланы үс бэлиэлээх чыыһыла5а түңэтии.
Уруок көрүңэ: Оонньуу уруок.
Сыала: Суругунан үс бэлиэлээх чыыһыла5а түңэтиини билиһннэрии.
Толкуйдуур, бол5омтолоох буолуу, өйгө тутуу дьо5урдарын сайыннарыы. Туочунай наука5а интириэһи иитии. Задачаны, элбэх дьайыылаах этиллиилэри суоттуур дьо5уру, интэриэһи салгыы сайыннарыы. Кэмнэри (кэриңнэри) сатаан туттар сатабылы чиңэтии. Кыһал5алаах кэмңэ табаарыска көмө5ө кэлэри өйдөтүү. Тутуу барар сиригэр сэрэхтээх буоларга иитии.
Туттуллар матырыйаал: карточкалар, линейка, TV, видио, диск: слайдаларга сүрүн геройдар мэтириэттэрэ, Дьэгэ-бааба дьиэтэ, муоста,тыа, хатың, Өлбөт үөстээх Кощей дыбарыаһа, олбуора, хоппото.
Былаан.
1. Тэрээһин чааһа. Тема. Сыала.
Бүгүн биһиги дьикти остуоруйа5а, математика сорудахтаах остуоруйа5а ыалдьыттыахпыт. Нуучча тылын уруогар элбэхтэ нуучча норуотун остуоруйатын кытта билистибит, ону тэңэ дьиэ5итигэр эмиэ элбэх остуоруйалары аахпыккыт. Нуучча остуоруйатыгар сүрүн геройунан ким буоларый? (остуоруйа са5аланыытын кэпсээhин, уруок туругар киллэрии.)
2. Баран иһэн өрүскэ кэтиллэ түспүт. Бу өрүскэ муоста суох. Арай быа эрэ тардыллан турар. Онно маннык сорудах баар. Бу соруда5ы сөпкө толордоххутуна Иван-сарыабыс туоруур
Математическай диктант. Бу үс кэмңэ: /бириэмэ, уста, маасса карточка/ мин эппит кэммин наардаан уура5ыт. 2ч 4т 2суукка 3км 7дм 3мүн 3кг 6мм 8м 5нэд 5ц
Эппиэтэ:
бириэмэ |
уста |
маасса |
2ч |
3км |
4т |
2суукка |
7дм |
3кг |
3мүн |
6мм |
5ц |
5нэд |
8м |
|
3. Суол устун баран иһэн Дьэгэ-бааба дьиэтигэр тиийэн кэлбит. Дьэгэ-бааба: Мин сорудахтарбын толордоххуна сиэм суо5а. сорудахпын сонно өйгөр суоттуугун - диэбит. Маннык сорудахтары биэрбит.
- 16-ны 4 төгүл улаатыннар
- 96 уонна 12 өлүүтун булл
- 8см өрүттээх квадрат иэнин булл
- 6 т хас кг баарый?
- Ханнык чыыһыланы 7-5э түңэттэххэ 30 чыыһыла буоларый?
- Уол 1сөк 1м барар буолла5ына 1 мүн хас метрии хаамыай?
- см диэн тугуй?/ бириэмэ, ыраах, түргэн, масса/
- Суукка диэн тугуй? /бириэмэ, ыраах, түргэн, масса/
4. Иван-сарыабыс Өлбөт үөстээх Кощейга барар суолу ыйыппыт. Дьэгэ-бааба: Бу сап эйигин тиэрдиэ, -диэбит. Онуоха Иван-сарыабыс ыксыыбын, онон көтөр кэлиитин уларсарыгар көрдөспүт. Саңа тема5а бэлэмниир үлэ:
а/ Төгүл таблицатын ыйытыы- 1мүнүүтэ устата.
б/ а : в = с аа5ыы Түңэтии быраабылаларын санатыһыы
5. Иван-сарыабыс Өлбөт үөстээх Кощейга тиийбитэ олбуоругар маннык сурук ыйанан турар эбит. Кинигэнэн үлэ. Саңа тема: 2185 : 437 с 62
кинигэ5э үлэ көр, толкуйдаа, быһаар.
- Хас бэлиэлээх чыыһыланы хас бэлиэлээх чыыһыла5а түңэппиттэрий?
- Бу түңэтии туохха майгынныырый?
- өлүүгэ хас сыыппара тахсыа5ай?
- ол чыыһыланы хайдах булабыт.
- сөбүн, сыыһатын хайдах билэбит.
Итинник ньыманан 2 холобуру суоттааһын. Түмүк оңоруу
6. Олбуорун аанын аһан, дыбарыаска тиийбитэ ааныгар маннык сурук ыйанан турар эбит.
Дуоска5а, тэтэрээккэ үлэ №330,337
Саңа тиэмэни чиңэтэн түмүк оңоруу
7. Физминутка. Хамсаныы. /сиһи, илиини-ата5ы хамсатыы, хара5ы сынньатыы/ Дыбарыаска ойон киирбитэ ким да суох. Дыбарыас иһэ хабыс хараңа. Иван-сарыабыс ол бу диэки көрүөлээтэ. Хана эрэ кыра сырдык баарыгар тиийэн көрбүтэ маннык тэңнэһимиин суруллан турар эбит.
6500 х 40 : 100 □ 6500 х 50 : 100
Ким түргэнник хара5ынан көрөн быһаарыай? То5о?
8. Көрүң эрэ эһиги үчүгэй ба5айытык быһаараңңыт дыбарыас сырдаата. Истиэнэ5э маннык сурук тахсыбыт. /Иэни булуу. Тэтэрээккэ/
Көрөрүң курдук мин дыбарыаһым олус улахан, ол гынан баран 3 саалаттан турар. Саалам көнө- муннук быһыылаах. Устата 30м, туората 24м. Иккис саалам маңнайгым иэнин саңа, оттон үһүс саалам 2 төгүл улахан иккистээ5эр. Дыбарыаһым иэнин бул.
9. Остуол үрдүгэр хоппо турар. Хоппо үрдэ барыта сурук. Иван-сарыабыс аа5ар..
Задача. Яга Баба дьэититтэн Кощей Бессмертнэй дыбарыаһыгар диэри 650км. Яга Баба дьэититтэн уонна Кощей Бессмертнэй дыбарыаһыттан тэңңэ Яга Баба уонна Змей Горыныч көтөн тахсыбыттар. 10 мүн. көрсүспүттэр. Өскөтүн Змей Горыныч түргэнэ 30 км часка буолла5ына, Яга Баба түргэнин булуң.
Задачаны суоттаатыгыт, күлүүһэ көһүннэ
Күлүүһэ шифрдээх. Хас биирдии холобур эппиэтэ биирдии букваны көрдөрөр. Бу манна үс столбик баар. Бу үс столбигы 4-түү о5о тахсан суоттуугут. Бөлө5үнэн үлэ.
1 бөлөх 2 бөлөх 3 бөлөх Күлүүһэ
Дьааһык аһылынна. Дьааһык иһигэр анны сымыыт сытар. Ол сымыыкка маннык сурук баар.
Задачалар №331, 332.
Задача №331
Т |
Б |
Ы |
? |
56 сукка |
6048км |
6048:56=108км/с
Задача №332
Ц-120т 120*2= 240
П-2р.б 120*4=480
Щ-4рб /120+240+480/ :3 = 840:3=280
10. Иван-сарыабыс сымыыты ылан хампы бырахпыттыгар Өлбөт үөстээх Кощей дыбарыаһа эстибит. Оттон Өркөн өйдөөх Василиса баар буола түспүт. Кинилэр эһиэхэ махтаналлар. До5отторгут ыарахан кэмнэригэр көмөлөһө сылдьыахтара диэн эрэнэллэр.
Түмүк. Туоххо үөрэннибит. Тугу сатаатыбыт. Дьиэ5э үлэ № 11 с60
Сыана туруоруу