3 класс.            Урок по национальной культуре

Тема: С.Васильев-Борогонскай. Эрчимэн Бэргэнин. Олоңхо

Тиибэ: Түмүктүүр уруок.

Көрүңэ: Комбинированнай уруок

Сыала: С.Васильев-Борогонскай Эрчимэн Бэргэн олоңхотун төhө өйдөөбүттэрин бэрэбиэркэлээhин. Учууталларга кыра кылаас олоңхоттон туохха үөрэниэн сөбүн көрдөрүү. Мындырдаан толкуйдуурга, кэрэтик саңарарга эрчиллии.

Туттуллар тэрил: о5олор үлэлэрэ, карточкалар, кинигэлэр, проектор, презентация, фишкалар, ребустар. Слайд 25

Уруок хаамыыта.

Киирии. Э5эрдэ (Слайд № 1)

         Бары билэрбит курдук 2005с. ЮНЕСКО биhиги олоңхобутун  киhи-аймах чулуу айымньытынан билиммитэ. Бу биhиги киэн туттуубут.

Бүгүн, а.э. сэтинньи 25 күнэ олоңхо күнэ. Онон бука барыгытын Олоңхо күнүнэн э5эрдэлиибин.

         Биhиги олоңхобут сир-сир аайы аата ааттана турдун,

         Дойду-дойду аайы киэн сура5ыран

     Саха диэн омук баарын билиhиннэрэ сылдьыан ба5арабын. (Слайд № 2,3 )

1.                Бу уруокка биhиги биир сыл иhигэр

тугу билбиппитин,

тугу сатыыр буолан эрэрбитин  ыалдьыттарбытыгар көрдөрүөхпүт.

Ким төhө билиилээ5ин быhаарыахпыт

Түмүкпүтүгэр бары сыана ылыахпыт.

Уруокпутугар икки хамаанда5а хайдыахпыт. . /Афоня, Рома, Надя, Валерия/  /Ваня, Айыылаан, Наташа, Фая/

Дьиэ5э үлэ5итигэр:

хамаанда5ыт салайааччыта кимий?

ааккыт.

То5о бу ааты ыллыгыт.

2.      Олоңхо диэн тугун хатылааhын

   олоңхо туhунан Ким хаhан истибитэй?

   Олоңхо диэн тугуй? /норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала/

   Олоңхоттон туохха үөрэнэбит? / кэрэтик саңарарга, тылын өйдөөтөххө мындырдаан толкуйдуурга, сөптөөхтүк дьаhанан олорорго/

   Олоңхону хас киhи толороруй? /Биир/

   Олоңхоhут хайдах олорон олоңхону толлороруй?

   Биhиги өбүгэлэрбит урут олоңхону кинигэттэн аа5ан толороллоро дуо?

3.      Аахпыт олоңхолорбутун санатыhыахпыт. Тугу өйдөөбүппүтүн быhаарсыахпыт. (Слайд №4 )

   Билтигин олох сайдан, олоңхону суруйаллар (кинигэлэри көрдөрүү)

Биhиги биир сыл иhигэр билсибит олоңхолорбут ханныктар этэй?

Биhиги хас олоңхону кытта билистибит,

Ханныктарын өссө биирдэ санатыhыа5ын.

/Эрчимэн Бэргэн (Сергей Васильев).Модун эр со5отох (В.О.Каратаев ) Дьурайаан Бэргэн (Мария Обутова-Эверстова), Буурдаан Боотур (Владимир Степанов)/

Бу олоңхолорбут хас биирдиилэрэ туохха үөрэтэрин  өс хоhооннорунан сөп түбэhиэн этиэ5ин. (Слайд № 5)

v Дьурайаан Бэргэн (Мария Обутова-Эверстова),  Атас туhугар атах тостор. /до5ор баайыттан, таңаhыттан тутулуга суох. Кини эр санаата, үтүө дууhата/

v Модун эр со5отох (В.О.Каратаев )  үө аат үйэлэри уңуордуур.

v Буурдаан Боотур (Владимир Степанов) Киhи кэпсэтэн, сылгы кистэhэн, ынах ма5ыраhан билсэр

v Эрчимэн Бэргэн (Сергей Васильев).   . Оhол төрүөт төрдө обот-соллон. Силиhэ суох мас үүммэт  Албын - албын атастаах, түөкүн - түөкүн дьүөгэлээх.

(Слайд №6 )

4.      Бу 4  олоңхоттон  икки бухатыыр аата ребуска саhа сылдьарын таhаарың (Слайд №7 )

 

 

 

 

 

                Модун эр со5отох (В.О.Каратаев )                Эрчимэн Бэргэн (Сергей Васильев)                    

   Орто дойду бухатыыра тугу көмүскүүрүй?

5.                Аахпыт олоңхолорбутугар бастаан туох туhунан сурулларый? Орто дойду суруллар. (Слайд № 8)

Бу дойду хайда5ын  көппүт тыллары туруоран аа5ыа5ын.

тахсар күннээх,

баранар мастаах,

 бүтэр уулаах

туруу дойду,

Оңоhуллубута эбитэ үhү.

 

Көппүт тыллар: орто, ойон, уолан, охтон

кэхтэр киhилээх,

өлөр сүөhүлээх

дьүрүс дойду

Айыллыбыта үhү.

 

Көппүт тыллар:

үөскээн, кэлэн, орто

 

(Слайд №9)

Ойон тахсар күннээх,

Охтон баранар мастаах,

Уолан бүтэр уулаах

Орто туру дойду,

Оңоhуллубута эбитэ үhү.

(Дьурулуйар Ньургун Боотур)

Кэлэн кэхтэр киhилээх,

Υөскээн өлөр сүөhүлээх

Орто дьүрүс дойду

Айыллыбыта үhү.

(Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур)

Онно кимнээх олороллоруй?

   Кинилэр толору дьоллоох буолуохтарын кимнэрэ дуу, туохтара дуу суо5уй?

    Бу о5онньордоох эмээхсин Илин астара элэмэстийэрин са5ана, кэлин астара кэрэмистийэрин са5ана туох буоларый

   Бу о5о хайдах улаатарый? Олоңхотун олоңхо,Ол о5о арай, 1 хоноот биирдэнэр, 2 х 2 лэнэр, 3 х 3-нэр, үөскүлэнник үүммүт, омуннаахтык улааппыт.

6.      Уол сүтэн баран бухатыыр буолан кэлбитигэр. Дьоно-сэргэтэ туох диирин дьаарыстаан таhаарың Ыhыллыбыт тыллары дьаарыстаа (Слайд №10 )

көмүскүүр күн

ыччаттаннахпыт  улууhун

араңаччылыыр аан  

киhилэннэхпит дойдубутун

      

  (Слайд № 11)

7.      Чуораанчык ойуутунан Эрчимэн Бэргэңңэ бу ойуулар ханнык ыйытыыларга соп тубэьэрий? (Слайд №12,13,14 )

   Икки күлүктээх эмньит кулун аттаах Эрчимэн Бэргэн,  (рүң Аар тойон.

   Улан чуо5ур табалаах Тоңус бухатыыра  Кыыда Тугуттай

   Алып Ханда5ай хара аттаах Араат Мохсо5ол 

   Алта атахтаах Ала элэмэс аттаах Чуура бухатыыр

   Киhи-сүөhү төлдүн тэнитии.

   Ыал буолааhын, олох оңостооhун.

8.      О5олор бэйэлэрин үлэлэрин  кытта Эрчимэн Бэртэнтэн быhа тардыылары өйтөн аа5аллар. (Слайд №15 )

9.      Эрчимэн Бэргэн ТуЬунан син биллибит. Онон түмүк тылы биэриэ5ин Б.Афоня эдьиийигэр 8 кылаас уорэнээччитигэр Борисова Дуня5а

10.  Олонхону наар мин кинигэттэн аа5арбын истибиккит.

 Оттон Мэңэ-Алдаңңа  Дулуруйар Ньургун Боотур олонхону  туруора сылдьыбыттара. Ол туhунан  К.Рома эдьиийэ 7 кылаас үөрэнээччитэ К.Варя 4 кылааска уорэнэ сылдьан аахпыт дакылаатыттан эhиэхэ быhа тардан кэпсиэ. Бол5ойон истиң. (Слайд №16-25)

11.  Тумук таЬаарыы

12. Түмүк. Бу  Ньургун Боотур олоңхону  быhа тардыытын  бэйэ5ит дьиэ5итигэр аа5ыаххыт манна уруокка эмиэ билсиэхпит уонна дьэ олонхону хайдах олонхолуулларын истиэхпит.

         Бу уруокка тугу  саңаны иhиттигит, биллигит

 

Назад

 

Хостинг от uCoz